» 
 » 
Атаарабын



Jeada - Атаарабын - Текст песни

"Эйигин атаарабын, тапталбын атаарабын
Араарабын сүрэхпиттэн кэнники санаарыбын 
Баарбын,куруутун,эн бааргын,баҕарабын
Аһара,айдаара санааны самнарабын
Таабырыны арыйаары элбэх түүнү утуйбатым
Айбытым эйиэхэ анааммын мин ырыабын
Элбэҕи этиэхпин тыл сүрдээх тиийбэт
Эйиигинэ суох олох ончу итиийбэт
Күн сылааһа барыста эйиигин кытары
Кыыс элбэх эрээри билбэппин атыттары
Эн эрэ мин сүрэҕим аргыһа
Өскөтүн тэйиччи сылдьаҕын умнума
Кубулуйума атын кыыска
Эйигинэ суох, арааһа, мин олоҕум эмиэ суох
Ордорумуох хоргус санааны эн биһи
Кэтэһиий мин буолар ситиһиим.


Хос ырыа:
Мин бүгүн тапталбын атаарабын
Хааллар эрэ эн биир эрэ таабырын
Аһара кэтэһэ хаалабын аналбын
Мин бүгүн атаарабын тапталбын


2 куплет:
Төһө да ыраах ыра санаам салайдын
Эн мөссүөҥҥүн мин төбөбөр хаайдым
Кэтэһэ хаалабын дойдубар эйиигин
Санаам астыммат миигиттэн тэйиигин
Эрэйдиигин сүрэхпин этиий тоҕотун
Кэтэһэ хаалабын эмиэ соҕотоҕун
Эбэтэр ордороҕун ыраах дойдуну
Сылыта сатыыбын этиллибит да сойбуту
Төһө до ол онно биэрэллэр урдук чыпчаалы
Кэнники бириэмэҕэ дойдуну ахтар аччаата
Аһары эн санааҕын салайар дии санаама
Тиэтэр быһаарыыны ыларга ыксаама
Сааныма саха уолугар уратыны
Көрдөһөбүн этимэ утарыны
Сааныма саха уолугар уратыны
Көрдөһөбүн этимэ уратыны"
   
Другие материалы по этой песне:
  • Текст (слова)

https://primanota.net/jeada/ataarabyn-lyrics.htm