» 
 » 
Кэргэммэр



Jeada - Кэргэммэр - Текст песни

Ким эрэ кулэр уона уорэр тугэнигэр
Ким эрэ урдугэр оруутун тууннэри ардах туьэр
Эн дьолун бэйэн илиигэр, итэ5эй эн инникигэр
Эйиигиннээ5эр миэхэ кунду ким да суох кун сиригэр
Бу барыта тиийэн кэлиэ, бэйэтин тумугэр
Ол эрэн эн эрэ туннуккэр ойууланар эбиттэр ... Сулустар.
Кинилэр кимнээ5эр да кэрэлэр
Итэ5эл уонна таптал мин сурэхпэр баар эбиттэр
Соро5ор соолуута суох сонун буолан иьиллэр
Ол эрэн мин иэйиим иитиллэр эн итэ5элгэр
Корсуспуппут эн биьикки эдэр саас куьунугэр
Оо, айыл5ам ол тугэни саатар утугуннэр
Кун тэнэ киьибэр, махтанабын ситиспиппэр
Эн кэтэспиккэр, онтон сурэхтэр этиспэттэр
Ол оннугар кинилэр, эрэл тылын сибсийэллэр
Мин тугу этэ сатырбын, сэгэриэм сэрэйэр
Ким билэр ба5ар бу сиргэ, биитэр бай5ал иэнигэр
Эн биьикки тэн эппиэттэр кистэммиттэр
Ол эрэн барыта баар буолуо, бэйэтин кэмигэр
Эн итэ5эй, эрэн ... Кэргэннэр
   
Другие материалы по этой песне:
  • Текст (слова)

https://primanota.net/jeada/kergemmer-lyrics.htm