» 
 » 
Кэмсинимэ



Jeada - Кэмсинимэ - Текст песни

Тугу тиһэбин тылбар аны, элбэҕи кэпсээтим,
Сүрүн кистэлэҥи сүрэхпэр ыраах кистээтим.
Олоҕу уларыт, сэгэр, бу маны истээт,
Мин эйиэхэ таабырыны, доҕорум, бэрсэбин.
Хараҥаҕа хаарыан арыы хаайтарбыт,
Ол онтон мунтуйан тулам уларыйбыт.
Туох да суох сүрэхпэр, арай баар таптал
Дойдубар, бар дьоммор уонна аналбар.
Албын баар эн омун этэр тылларгар
Кырдьык, дьол санаа кый ыраах хаалбыттар,
Сырсыма, синэ биир эн иҥнэн охтуоҥ,
Элбэҕи көрдөөмө көстүбэт олохтон.
Билиэҥ суоҕа, эн тулаҕын сымыйа саппыт,
Санааҥ сааппат, албын манна саһан сыппыт.
Ити баар түмүгэ суох (...)
Алыс улаханы сүрэххинэн көтөхтүҥ,
Умун барытын, биири илдьэ хаал эн,
Онтуҥ сүттэҕинэ да кэлиэ эргиллэн.
Тыл күүһэ халлаантан сиргэ түһэр,
Итэҕэтэр бэйэтигэр олох түмүгэ,
Көрдөө, кини чугас аттыгар баар,
Баҕар булуоҥ ону мин этэр тылларбар.
Мин эттим, эн иһиттиҥ, онон бүтэр.
Өссө туох эйигин иннигэр күүтэр.
   
Другие материалы по этой песне:
  • Текст (слова)

https://primanota.net/jeada/kemsinime-lyrics.htm